Читать книгу Саха фольклора онлайн

(Биир тыынынан сылгыны хоһуйуу)

  • Тиис хамнатар
  • Дьэллик элэмэс,
  • Уос хамнатар
  • Уһун улаан,
  • Мурун хамнатар
  • Мускулла буулуур,
  • Иэдэс хамнатар
  • Эргиэлимэ элэмэс,
  • Харах хамнатар
  • Халыан хара,
  • Kөҕүл хамнатар
  • Көндөрү көгөччөр,
  • Кэтэх хамнатар
  • Кэптэли кэрэ,
  • Сиэл хамнатар
  • Сиксиллимэ сиэр,
  • Apҕac хамнатар
  • Адырыын apaҕac,
  • Хаппар хамнатар
  • Хаамыылаах хара,
  • Сүһүөх хамнатар
  • Сүрдээхэй сүүрүк,
  • Туйах хамнатар
  • Туллук тypaҕac,
  • Бас хамнатар
  • Маанылаах маҥан,
  • Таныы хамнатар
  • Талыы дьаҕыл,
  • Уҥуох хамнатар
  • Улуу дьоруо!
Г.У. Эргис суруйуутуттан[13, 271 c.]

Урууга уот оттор алгыс

  • Алгыстаах аал уотум
  • Аналлаах иччитэ,
  • Алаас сыһыы
  • Аҥаар быһаҕаһын курдук
  • Араҥас маҥан дьаарбаҥнаах,
  • Суоһана турар
  • Суорба хайа быһаҕаһын
  • курдук
  • Суостуганнаах суостаах
  • Суо хаан оһох дукдалаах,
  • Алталаах атыыр сылгы
  • Алын чөмчөкөтүн курдук
  • Ала хааҥсаар хататтаах,
  • Ханчааһын тый быарын
  • курдук
  • Хатан тэбиэр эстэриилээх,
  • Хаардаах бугул саҕа
  • Хардаҥ от саҕалаах,
  • Түүтэх от курдук
  • Түү иһигэй кыалаах,
  • Буруо уоллаах,
  • Кыым кыыстаах
  • Кыырык төбө,
  • Бырдьа бытык,
  • Хатан суоһуйа,
  • Хаан чаҕаан,
  • Көмүс ураанньык,
  • Күөнэ көҕөччөр,
  • Алтан баһырҕас
  • Аан Уххан Тойон эһэм,
  • Тулуу бараан тойоно
  • Туора чанчык
  • Туораххай бахсы,
  • Иэримэ дьиэ иччитэ
  • Эрбэгэй баттах
  • Иэрэгэй бахсы,
  • Хотон уорук иччитэ
  • Холбуу баттах
  • Хотой бахсы,
  • Тиэргэн иччитэ
  • Тэриир баттах
  • Тиэрэгэй бахсы,
  • Туспа үрэх
  • Туҥуй ыччата
  • Тус бэйэбитигэр
  • Туһааннаах кэргэн
  • Буола кэллэ,
  • Атын алаас
  • Ала ыччат оҕото
  • Анал бэйэбитигэр
  • Аналлаах оҕо
  • Буола кэллэ,
  • Тас өттүбүтүттэн
  • Таас уллуҥах киирдэ диэҥҥит
  • Таһарахсыта
  • Саныыр буолаайаҕыт,
  • Туора өттүбүтүттэн
  • Туос уллуҥах киирдэ диэҥҥит
  • Туоххаһыйа саныыр буолаайаҕыт.
  • Саха киһи
  • Салаллар саргытынан,
  • Урааҥхай саха
  • Утумнаһар оҥоруутунан
  • Алтан сэргэни анньа,
  • Аал уоту айгыһыннара,
  • Алаһа дьиэни ахталыта,
  • Үрүҥ дьиэни үрэччилии,
  • Хара дьиэни хараччылыы,
  • Иэримэ дьиэни иччилии,
  • Улаан түптэни олохсута,
  • Сатыы бүкээҕи саайа,
  • Тоҕой сэлэни тиирэ,
  • Таалай тиэргэни тарҕата,
  • Төлкөлөөх түһүлгэни төрүттүү,
  • Алгыстаах араҕас чэчири анньа
  • Аттанан кэлбит
  • Алгыстаах күнэ буолла.
  • Күн Эбэлэрим,
  • Күүккэйэ көрүмэҥ дээ!
  • Айыы Эдьиийдэрим,
  • Атыҥырыы санаамаҥ дээ!
  • Дьонноһо кэлбит оҕоҕутун
  • Дьоллоох хонноххутугар
  • Хорҕотуҥ,
  • Кэргэннэһэ кэлбит киһигитин
  • Кэскиллээх киэлигитигэр
  • Киллэриҥ.
  • Абааһы аймаҕа айар
  • Албастаах суолун аҕалымаҥ,
  • Көстүбэт улууһа көбүтэр
  • Көргүн суолун көрдөрүмэҥ,
  • Аан дойду
  • Албастаах санаалааҕынан
  • Атаҕастатымаҥ,
  • Күн сирин
  • Көлдьүн сүрэхтээҕинэн
  • Күөмчүлэтимэҥ,
  • Аймах чаҕал буола кэлбит
  • Ача ыччат оҕоҕутун
  • Аһаныылаах оҕо гынан
  • Олохтотон иитиҥ,
  • Дьонноһо кэлбит
  • Дьуондьаҕай ыччаккытын
  • Дьоһуннаах оҕо гынан
  • Дьоллоохтук оҕолооҥ,
  • Атаархаспат ааккытыгар
  • Алгыстаах аһатыы,
  • Күнүүлэспэт күндү.
  • Уруй-айхал!
  • Уруй-айхал!
  • Уруй-айхал!
П.И. Сергеев тылыттан Л.У. Сергеев суруйбут. 1915 с.[17, 3–8 с.]

Кыыс сүктэн барарыгар аҕатын алгыһа