Читать книгу Саха фольклора онлайн

  • Туйахайа,
  • Тобукуйа,
  • Бэрбээкэйэ,
  • Сүһүөхэйэ,
  • Сотокойо,
  • Уллуката,
  • Самыыкайа,
  • Саарыкайа,
  • Тоноҕоһо,
  • Сиэликэйэ,
  • Көҕүлүкэйэ,
  • Кулгаахайа,
  • Харахайа,
  • Муннукайа,
  • Тииһикэйэ,
  • Тылыкайа,
  • Куолайыга,
  • Сүрэхэйэ,
  • Сүлүүкэйэ,
  • Ханныкайа,
  • Быарыкайа,
  • Бүөрүкэйэ,
  • Кутуруга!
  • Г.У. Эргис суруйуутуттан
[4, 17 c.]

Сирдэр-дойдулар тустарынан

  • Былыргыга да,
  • Билигин да
  • Модун оҥоһуутунан
  • Москуобаттан ордук
  • Муҥутуур куорат баарын
  • Өйдүөн-дьүүллээн
  • Истибэтэҕим.
  • Дьулааннаах
  • Уһун хонуута
  • Тупсубут,
  • Кэҥкэмэлээх
  • Киэҥ хонуута
  • Сиппит
  • Алта үөстээх
  • Өлүөнэ өрүстэн
  • Ордук
  • Хотугу дойдуга
  • Улуу үрэҕи
  • Өйдүөн-дьүүллээн
  • Көрбөтөҕүм.
  • Кырылас кыдьымахтаах,
  • Кыһыл кумах кытыылаах,
  • Кылырыйар чысхааннаах,
  • Кыыппах таас кыһарҕаннаах,
  • Күөх тиит көмүөллээх,
  • Сиик туман сипсиэрдээх,
  • Өҥнөөх сарыы үктэллээх,
  • Аарыгар халҕаһалаах,
  • Аан туман аргыардаах
  • Хоту сир yhyгap
  • Аллантан ордук
  • Улуу үрэҕи
  • Өйдүөн-дьүүллээн
  • Көрбөтөҕүм.
  • Эскэх тый
  • Эҕии кутуруга
  • Эҕэрдэстээх,
  • Ороһу кулун
  • Уйуллаах
  • Кутуруга
  • Уруйдаах,
  • Чахчырҕалаах
  • Кулун
  • Саппайдаах
  • Кутуруга
  • Дьаралыктаах,
  • Баараҕай
  • Атыыр оҕус
  • Лиҥкинэччи
  • Мөҥүрүөбүт,
  • Баараҕай атыыр
  • Барылаччы
  • Кистээбит
  • Тамалҕаннаах
  • Талахтаах
  • Таатта алаастан
  • Ордук алааһы
  • Өйдүөн-дьүүллээн
  • Көрбөтөҕүм.
  • Бороҕон улууһугар
  • Бүлтэччи көстүүтүнэн
  • Өксөкү кыыл курдук
  • Утарыта дьохсооттоһо
  • Олорор
  • Икки таҥара дьиэлээх
  • Мүрү эбэттэн ордук
  • Үтүө сири
  • Өйдүөн-дьүүллээн
  • Көрбөтөҕүм.
  • Мэҥэ улууһугар
  • Төгүрүччү көстүүтүнэн
  • Төҥүлүттэн ордук күөлү
  • Өйдүөн-дьүүллээн
  • Көрбөтөҕүм.
  • Чараҥнаах сиртэн эрэ
  • Үс көс усталаах
  • Мэндэҥэ чараҥын
  • Курдук чараҥы
  • Өйдүөн-дьүүллээн
  • Көрбөтөҕүм.
  • Сыһыыттан эрэ
  • Амма умнаһыгар баар
  • Саһыл Сыһыыттан
  • Ордук алааһы
  • Өйдүөн-дьүүллээн
  • Көрбөтөҕүм.
  • Үрдүктэн эрэ
  • Аҕыс биэрэстэ үрдүктээх
  • Дьааҥы хайатын курдук
  • Таас хайа баарын
  • Өйдүөн-дьүүллээн
  • Көрбөтөҕүм.
[1, 126–128 с.]

Чабырҕах

  • Этиһиик Элиэнэ,
  • Этиһэр идэҕин
  • Эмтэнэн кэбис,
  • Эрэмньилээхтик үлэлээ,
  • Эйэлээхтик олор.
  • Хобуоччу Хобороос,
  • Хобулуур идэҕин,
  • Куһаҕан быһыыгын
  • Холдьоҕон кэбис,
  • Көхтөөхтүк үлэлээ,
  • Көрсүөтүк сырыт.
[14, 43 с.]

Былыргы чабырҕахтар

I
  • Этэҕэ-тэтэҕэ,
  • Иэрэҥ-дьиэрэҥ,
  • Холкуй-илкий,
  • Кубулуҥ-дьибилиҥ,
  • Бадыа-бүдүө,
  • Балаҕан дархан,
  • Оонньуур баҕана,
  • Орулуур дохсун,
  • Дарҕана кээдэн,
  • Тардар сыарҕа,
  • Чуо-чуо чолбон,
  • Эрэгэйэ дьэргэн,
  • Уодаҕана дорҕоон,
  • Хоочугур-уучугур,
  • Куобаҕым куттаҕа,
  • Моҕотойум буута,
  • Тииҥим тиҥилэҕэ,
  • Көҕүллээҕим көхсө,
  • Чымырын-маарын,
  • Оллоон буку
  • Лас-лас-лас.
II
  • Иэрэҥ-дьиэрэҥ,
  • Элэкээт-тэлэкээт,
  • Хаадьын-харгыа,
  • Доҕуруй дохсун,
  • Дорбоо удаҕан,
  • Аххан наарай,
  • Буурай-сиэрэй,
  • Куллур-халлыр,
  • Миэрэй-маарай,
  • Микитэ-махата,
  • Устунан-кэстинэн
  • Уранай-тэрэнэй,
  • Сордоҥ ойуу,
  • Сотото бэйбэс,
  • Хатыы-ситии,
  • Хараҕа эрилис,
  • Хаххан сахсас,
  • Эрэмээт-тэрэмээт,
  • Элэгэй-нэлэс,
  • Этэн-тыынан
  • Тыҥ-тыҥ-тыҥ.
III
  • Кыптый буута,
  • Кыталык түөһэ,
  • Кыдама төрдө,
  • Кылыйа сүүрүк,
  • Кылар харах,
  • Ыaҕac ымдаан,
  • Чабычах алаадьы,
  • Кытах хоргун,
  • Кырбас этим,
  • Тымтай балыгым,
  • Кыпчыгыр Өлөксөй
  • Кык-кыр түөрэх.
[14, 42 с.]