Читать книгу Кытылга кыыс ытыыра онлайн

Инна сотору-сотору хайдах да буолуон билбэт турукка киирэн ылаттаабыта. Уонча сыллааҕыта кини дьахтар сэбиэтин председателэ буола сылдьан ыал олоҕун алдьатаары тииһэр дьахталлары сэмэлээн, дьиэлэринэн-уоттарынан сылдьан элэ-была тыла баранара. Ол айыытыгар бэйэтэ ыал аҕатын, киһи кэргэнин «уоран», кистэлэҥ тапталтан дьоллоно сырыттаҕа. Оскуолаҕа учууталлыыра, сиэри-майгыны тутуһуннарар аналлаах идэлээҕэ суобас суутун өссө сытыырхатара. Хаста да олус ыксаан, буруйданан, Дмитрийи тэйитэ сатаабыта. Ол эрээри кини били индийскэй киинэҕэ көстөр, ырыаҕа-тойукка холбонор, кинигэҕэ кэпсэнэр дьиҥнээх тапталга, арааһа, дьэ кырдьык таҥара бэлэҕэр тиксэн баран онтон аккаастанар кыаҕа суоҕа. Дмитрий эмиэ бачча сааһыгар диэри кэргэнин таҥнарбатах, улаатан эрэр уолун сэмэтиттэн дьулайар буолан элбэхтик эрэйдэммитэ. Кини да бэйэтин буойа, тохтото сатаабыт түгэннэрдээх этэ.

Үһүс сылларыгар Инналаах Дмитрий, этэргэ дылы, харахтарын симэн, кулгаахтарын бүөлэнэн бииргэ буолбуттара. Кинилэри тула элбэх тыл-өс, сэмэ-суҥха тарҕаммытын сүрэхтэринэн да сэрэйдэллэр, биир бигэ быһаарыныыга кэлэн хаалбыттара. Уонна бу сиргэ төрөөн тапталы билбит, тапталга тиксибит дьахтардаах эр киһи «түөрт дьоллоох сылы түөрт хонук кэлэн ааһарын курдук чаҕылхайдык олорбуттара эбитэ үһү» диэбит курдук дьылҕаламмыттара. Дмитрий, бэйэтэ ааттыырынан, бу күн сиригэр көрсүбүт баарын-суоҕун, баайын-дуолун, тапталлаах Иннатын—»Тапталинатын» соҕотох хаалларан эмискэ сүрэҕинэн охтон олохтон барбыта, хаһан да бүтүө суох харах уутунан сууннарбыта… Күүтүллүбэтэх өттүттэн ааҥнаан кэлбит аһыыттан хаҕа эрэ хаалбыт Иннаны оҕолоро эрэ олох диэки тардыһыннарбыттара.

Иннаҕа сир үрдүгэр тапталы билбит дьолун туоһулара – Дмитрий элбэх суруктара уонна иккиэн түспүт хаартыскалара хаалбыттара. Дьикти ээ, кылгас дьол түгэннэрин эрэ бэлэхтиирин билбит, сэрэйбит курдук, ураты уйаннык, сылаастык да сыһыаннаспыта. Дмитрийдиин ыал буолан куоракка көһөн киирэн баран Инна, оскуолаҕа буолбакка, элбэх командировкалаах, учууталлары кытта методика өттүнэн үлэлиир аналлаах тэрилтэҕэ үлэлээбитэ. Онон сотору-сотору командировкаҕа баран хаалара. Дмитрий Инната хайа күн тахсан барыаҕыттан сурук суруйа-суруйа сыттык анныгар мунньан барара. Кинитэ суох оҕолору кытта хайдах олорбуттарын, тугу гыммыттарын, ахтылҕантан, күүтүүттэн олус эрэйдэнэрин сурукка тиспит буолара. Аны хоһоонноругар ис сүрэҕиттэн тахсар истиҥ иэйиилэрин суруйан хаалларбыта…