Читать книгу Кытылга кыыс ытыыра онлайн
Тапталга буруй суох- Таптыырга буруй суох, доҕоруом,
- Олуһун күүскэ да таптыыбын,
- Кэрэчээн уостаргын уураары,
- Күн аайы кэтэһэн эрдэҕим.
- Аҕыйах хонукка арахсан,
- Ахтыста сүрэхпит олуһун.
- Омуннаах тапталга ылларан,
- Олохпут уһуоҕа биһиэнэ.
- Доҕоруом, эн бааргын мин сүрэхпэр,
- Атыны букатын билбэппин,
- Эрэнсиэх бэйэбит иннигэр,
- Хаһан да сүтэрсибэт туһугар.
- Сэтинньи 22 күнэ,
- Димаҥ.
Сэгэрим, Иннам, привет!
Бу олох эрдэ уһуктан баран турдум. 5 ч. 40 мүн. уһуктубутум. Олох иэдэйииһикпин быһыылаах. Биир күнү нэһиилэ аһардым. Ахтарым бэрт, бу сир үрдүгэр таптыыр киһигинээн куустуһан сытар саҕа үчүгэй суох эбит. Чэ, хайдах эмэ тулуйар инибин. Кытаат, доруобай эрэ буол. Бары үчүгэйи кытта Димаҥ.
Күүскэ да күүскэ ууруубун. Арба, сыттыккар сытыҥ хаалбыт, ону сыллыы хоннум.
29/XI. 6 ч. 44 мүн.
* * *Күндүттэн күндү киһим, Иннам, привет!
Эйигин санаан уум олох көтөн хаалла. Мантан түүн хаһыат ааҕар буоллум. Уопсайынан суох бириэмэҕэр кыайан утуйбакка сору көрдүм. Баар эрэ буоллаххына, утуйар эбиппин. Тоҕотун олох билбэппин. Оҕом сыыһа, суоҕуҥ наһаа куһаҕан, олох ылларан кэбиспиппин, күнү быһа эйигин санаан тахсабын, барахсаным тугу гына сылдьара буолла диэн. Халаатыҥ абырыыр, кэлэ-бара сыллыы сылдьабын. Ии, оҕом барахсан, төһө да мөхтөргүн олус күүскэ таптыыбын. Чэ, көрсөрбүт олох аҕыйах чаас хаалла, утуйа охсубут киһи.
Наһаа күүскэ таптыыбын. Ууруубун-сыллыыбын.
14/IV. Түүн 1 ч. 40 мүн.
Дорообо, таптыыр кэргэним Инна!
Сэгэрим, олох ахтан иэдэйдим, аҥаарым эрэ хаалла быһыылаах.
Көрсүһүү- Күүтэбин, доҕоруом, олуһун
- Ол кэми, көрсүһүүнү,
- Аҕынным даҕаны эйигин,
- Күндү көмүс биэбэйим.
- Үөрүүнэн толорор дьиэ иһин
- Эн көрдөөх күлүүҥ өрүүтүн,
- Чуҥкуйда дьиэбит эн суоххар,
- Айманна дууһабыт барыбыт.
- Кэлиий дуу, доҕоруом, түргэнник,
- Уоскутууй сүрэхпит төлөнүн.
- Долгуйар Дьокуускай сиригэр
- Кэтэһэ хааллыбыт биһиги.
Муус устар 24 күнэ.
Димаҥ. 18.00 ч.
Инна билигин бу суруктарынан күннээҕи олоҕун сырдатынан, ааспат-арахпат ахтылҕан буолбут тапталыттан сылаанньыйан, эрэллээх, бигэ тирэхтээх курдук сананан иннин диэки дьулуруйар. Суруктардаах альбомун күҥҥэ хаста да хабан ылан бу курдук ааҕа олорор буолар. Инна кэргэнин көмөн баран сүрэҕин хаһыытын, дууһатын кыланыытын суруйбут бэйэтин суругуттан эмиэ айманан, ытамньыйан ылла.