Читать книгу Кытылга кыыс ытыыра онлайн

Дууһам олох уоскуйбат, санаам барыта эйиэхэ. Оҕом сыыһа, төһө эрэ ахта сылдьаҕын. Олох умнан кэбистиҥ дуу? Хайдах эрэ күнүүлүөх санаам кэлэр, автобуска таах сибиэ бэйэм атаарбаккабын диэн кэмсинэбин.

Доҕорбор
  • Доҕорбор эйиэхэ анааммын
  • Ыллыахпын-туойуохпун баҕардым.
  • Олус диэн ахтыбыт омуммар
  • Айманар сүрэҕим дьиктитик.
  • Тапталга бигэнэн мин эмиэ
  • Уһуннук, дьоллоохтук олоруом.
  • Эйиэхэ анаабыт сүрэхпин
  • Чиэстээхтик, ыраастык толоруом.
  • Ахтар муҥун билэммин
  • Айманабын, доҕоччугуом.
  • Кэлиий миэхэ түргэнник,
  • Кууһуом, сыллыам барахсаммын.
  • Олунньу 10 күнэ. Киэһэ 22 ч. 06 мүн.
  • Димаҥ.
* * *

Инночкам, дорообо!

Киэһэ 10 ч. 55 мүн. Бүгүн үлэбиттэн кэлбитим, Вера «маама звони гынна» диэн үөртэ. Наһаа үөрдүбүт. Жаркой буһардым. Онтон бэйэҥ звоннаабыккар куоласкын истэн, бирээмэ көтүөхпүн кынатым эрэ суох. Мин кэргэним түүн кэлэр диэн үлэбэр күн аҥаара барбатым. Бүгүн бары да настырыанньа бөҕөбүт. Чэ күүтэн-күүтэн, ахтан-ахтан көрсүһэрбит аҕыйах чаас хаалла.

Күүскэ да күүскэ ууруубун-сыллыыбын.

Димаҥ. Олунньу 11 күнэ. 11 чаас 06 мүн.

* * *

Дорообо, күндүттэн күндүбүт, маамабыт Инна!

Сурук суруйан ахтылҕаммын таһаарабын, хайдах эрэ кэпсэтэ олорор курдукпун. Киэһэ аайы ночной ырбаахыгын сыллаан баран утуйабын, сытыҥ хаалан хаалбыт.

Чэ, бары үчүгэйи, дьолу-соргуну кытта Димаҥ.

Ууруубун-сыллыыбын, наһаа күүскэ таптыыбын. Олунньу 27 күнэ. Киэһэ 6 ч. 45 мүн.

* * *

Инночкам, привет!

Үтүө күн үүммүтүнэн, олунньу ый бүтэһик күнүнэн уруйдуубун-айхаллыыбын. Сааскы ылааҥы күннэр саҕаланаллара бу кэллэ, арай мин оҕом кэлиэн баҕарбат. Хаайтаран сытар сураххытын телефонунан истэбин. Наһаа да аҕынным, доҕоччуок, санаам барыта эйиэхэ. Олус да долгуйан барыах курдукпун. Эмискэ баҕайы хараастан ылабын, халлааным хараҥарар. Оҕолорум үөрэнэ бардылар, сарсыарда туран глазунья буһаран биэрдим.

Соҕотох хаалар наһаа куһаҕан эбит. Билиэппит умайарыгар тиийдэ, эн суоххун. Эйигинэ суох концерт соччото суох буолуо дии.

Чэ, көрсүөххэ диэри, ахтабын, таптыыбын. Ууруубун-сыллыыбын.

Димаҥ. Олунньу 28 күнэ. Сарсыарда 8 ч. 25 мүн.

* * *

Күндү киһим, Инночкам, привет!