Читать книгу Кытылга кыыс ытыыра онлайн

Инна куоракка чэпчэки сыаналаах тутуу матырыйаалын, түннүк холуодатын, ааннары атыылыыр маҕаһыын баарын истибитэ. «Маҕаһыын дириэктэрэ Дмитрий Николаевич – биһиги улууспут уола, биир дойдулаахтарыгар ураты болҕомтолоохтук сыһыаннаһар», – диэн буолбута. Биир үтүө күн Инна ол маҕаһыыны көрөөрү анаан-минээн куоракка киирбитэ. Атыыһыт уолаттартан ассортименнарын билсэ, сыаналарын ыйыталаһа турдаҕына, Дмитрий Николаевичтара тахсан кэлбитэ. Үрдүк уҥуохтаах, толору, киппэ эттээх-сииннээх, харахха быраҕыллар эр киһи этэ. Кини Иннаны кытта «кэҕис» гынан дорооболоспута. Инна хара бастааҥҥыттан дьон тугу этэллэрин чуолкайдыырга быһаарынан, биир дойдулаахтар буолалларын тоһоҕолоон эппитэ.

– Биир дойдулаахтарым барахсаттар, таах да наһаалаан эрэҕит ээ. Дьэ, тугу ыйытаҕын? Эйиэхэ кэлэн аккаастыам дуо, букатын билиэн баран турабын. Кэргэниҥ бэйэтэ көрүөҕүн, маннык нарын-намчы киһи, атыыластаххына, сүгэн бараҕын дуо? – дии-дии, күлбүтэ-үөрбүтэ.

– Кэргэним суох, өлбүтэ сылтан орто. Ол иһин бэйэм сырыттаҕым, – Инна бөтө сыһа-сыһа саҥарбытыгар Дмитрий Николаевич ыксаабыта. «Бырастыы гын», – диэмэхтээбитэ, күүстээх, сып-сылаас ытыһынан Инна саннын аргыый имэрийэн ылбыта.

Бу кэнниттэн маҕаһыыҥҥа сороҕор бэйэтэ, ардыгар уолунуун Мишалыын элбэхтик тиэстибиттэрэ. Аны дьиктитэ диэн, Инна киирэн кэллэ да, Дмитрий Николаевич хонтуора хоһуттан бэйэтэ тахсан кэлэрэ. Атыылыыр уолаттара, киксибит курдук, ханна эрэ симэлийэн хаалаллара. Кырдьык, сыанатын элбэхтик түһэрэн атыылаан абыраабыта. Улам билсэн, Иннаны кытта хайдах эрэ ураты истиҥник, сылаастык кэпсэтэр, киһи санаатын көтөҕөрдүү, дьээбэлэһэр, хаадьылаһар этэ. «Соҕотох дьахтар диэн бириэмэ атаараары оонньоһон эрэр дуу?» – диэн Инна арыт кыһыйа-абара санаан кэлэрэ. Ол эрээри, бэйэтэ да өйдөөбөтүнэн, Дмитрий Николаевич истиҥ бэйэлээхтик харахтыын мичээрдээбитинэн тахсан кэллэҕинэ, куолаһын иһиттэҕинэ, долгуйан хаалар буолбута. «Хайа эрэ дьоллоох анала буолла?! Арыгыга ылларбатах, чөл өйдөөх-санаалаах, биир бигэ тыллаах эр дьон ончу атыннар ээ», – дии саныыра Инна. Атыылаһалларын барытын кыра-кыра ылан бүтэрэн, Инна маҕаһыыҥҥа киирбэт буолбута. Ол эрээри онтуттан тоҕо эрэ санаата түспүтүн, туга эрэ тиийбэт курдугун өйдөөн сонньуйан ылара. Дмитрий Николаевич сылаас, сымнаҕас көрүүтүн, эйэҕэс мичээрин санаан тахсарыттан бэйэтин аралдьытына сатыыра.