Читать книгу Тыын былдьаһыгар онлайн

Аҕам биир күн барыста, туһахтарбын көрөн баран: «Маннык иитэн куобаҕы үйэҕэр ылыаҥ суоҕа», – диэн соһутта уонна туһахпын саҥалыы иитэн, көннөрөн биэрдэ. Сарсыныгар тиийбитим ойуур быыһыгар биир куобах хаары хаһар курдук мөхсөр. Мин маҥнай куобах хаары хаһан аһыы олорор диэх курдук санаатым, онтон өйдөөн-дьүүллээн, сыныйан көрбүтүм: туһахха иҥнэн мөхсөр эбит. Куобахпын туппутунан дьиэбэр көтөн түстүм. Эбэм олус үөрдэ, уотун аһатта, миигин алҕаата.

Ол кэмтэн ыла үйэ аҥаарын устата эбэм алгыһынан, аҕам сүбэтинэн сыл аайы туһахтыыбын. Куобах суох даҕаны дьылыгар Баай Байанай кыратык өлүүлээччи. Күһүҥҥү, кыһыҥҥы чэбдик салгыҥҥа көҥүл сүүрэ-көтө сылдьан бултууртан, сир-дойду кэрэтин көрөртөн ордук туох баар буолуой.

Аһымаҕа

Үрдүк үөрэҕи бүтэрэн баран Горнай улууһугар Аһымаҕа учууталынан үлэлии сырыттым. Сандал саас эргийэн, саха эр дьонугар саамай күүтүүлээх – кус кэмэ тиийэн кэлбитэ. Мин уруокпун бүтэрэн баран, эбиэттэн киэһэ Чэкээ үрэҕин кэрийэбин. Саас эрдэ, күөлгэ уу тахса илигинэ, үрэххэ кус мустар. Үрэх кытыытыгар кыра ууга дурда туттубутум. Киэһэ дьиэм диэки төннөн иһэн, онно хонон ааһабын. Сарсыарда уруокпун биэрээт, күнүс кустуу ыстанабын. Оччолорго эдэрбин, бултуур баҕа баһаам.

Дьэ биир күн куолубунан үлэлээн баран, үрэҕи кэрийэн, Чэкээ муостатыгар тиийдим. Манна үрэх кэҥиир сирэ, үс кыра көлүччэлээх. Мин үөһээ сыыр быарыгар сынньана олордум. Арай элбэх кынат куһугураан тыаһаата. Үрдүк мэҥэ халлааны өрө хантайан көрбүтүм: отучча кус ортоку ууга түһэн барылаата. Мин аргыый аҕайдык үөмэн киирдим. Наһаа сымнаҕас кустар эбит. Барыта чыркымайдар. Арай от быыһыттан атыыр судьу төбөтө көһүннэ, ону хаптаччы ыттым. Онтон тыһыта дайан тахсыбытын охтордум.

Салгыы баран истим. Биир атыыр чыркымай иннибиттэн көтөн тахсан үрэх тоҕойугар тиийэн түстэ. Аргыый хааман киирдим. Арай көрбүтүм: атын чыркымайдар хороһон аҕай олороллор эбит. Маҥнай хаастар дуу дии санаатым, өр толкуйдуу барбакка, биир чугаһын ыттым. Көтөрдөрүм үрэх тоҕойун эргийэ дайдылар. Мин, ботуруон укта-укта, быһа сүүрдүм. Көҥүһү өҥөс гыммытым, хайа сах ааһан эрэллэр эбит. Кэнники куһу ыттым – умса кэлэн түстэ. Онтон инникини ыттым – тиэрэ кэлэн түстэ. Ылан көрбүтүм: хаас саҕа кустар. Мин «туох кустара буоллаҕай?» диэн толкуй бөҕөҕө түстүм. Онтон улуннар быһыылаах диэн сэрэйэ санаатым.