Читать книгу Тыын былдьаһыгар онлайн

Ити маҥнайгы булдум кэннэ оруобуна үйэ аҥаара ааста. Кыһалҕата суох оҕо сааһым биир чаҕылхай түгэнэ өйбөр сотору-сотору эргийэн кэлэр, ол иһин бу кэпсээни суруйдум. Биһиги ийэлээх аҕабыт дьоллоох оҕо сааһы бэлэхтээбиттэрэ, онон махталым муҥура суох.

Куобахха туһахтааһын

Мин оскуолаҕа киирэ иликпинэ, убайдарбын кытта сарсыарда эрдэ турар этим. Кинилэр оскуолаҕа барбыттарын кэннэ, маспын, мууспун киллэрэн, ынахтарбын уулатыһан, үлэни-хамнаһы үмүрүтүһэн баран уһанарым.

Сэрии сэбин туһунан халыҥ кинигэ баара, онтон үтүктэн бэстилиэт оҥорорум. Сүрэҕэлдьээтэхпинэ, сылайдахпына эбэм оронугар олорон, кини хотонтон киирэрин кэтэһэ таарыйа, утуйан буккураан хааларым.

Сороҕор ыалларбытыгар аймахпыт уолга Сөрүөскэҕэ, эбэтэ Даайа эмээхсин хотоҥҥо таҕыстаҕына, доҕор буоларым. Оонньуу сылдьан сотору-сотору ойон кэлэн илин түннүгүнэн дьиэм оһоҕун буруотун кэтиирим. Эбэм хотонуттан киирэн оһоҕун отуннаҕына, кыһыҥҥы дьыбардаах сарсыарда буруота халлааҥҥа өрө тыргыйан тахсара дьикти үчүгэй көстүү этэ. Даайа эмээхсин хотонтон киирдэ да, мин таҥаспын сыыһа-халты кэтээт, дьиэбэр ыстанарым.

Билигин кыһын дойдубар дьыбардаах сарсыарда оһохтор буруоларын кэтээн көрөбүн да, эбэм оһоҕун буруотун курдук кэрэ, киһи сүрэҕиттэн-быарыттан сүппэт кэрэ көстүүнү көрө иликпин. Тоҕо оннуга эбитэ буолла? Оҕо барыны кэрэтитэн көрөрүттэн эбитэ дуу?

Биирдэ кыһын аҕам Тарааҥка өтөҕөр куобахха туһахтаа диэтэ. Тарааҥка өтөҕө диэн биһиги дьиэбититтэн көстөн турар тыаны этэллэр. Мин, бултуу барар киһи быһыытынан, айгыстыы бөҕө буоллум. Эбэм таҥаспын-саппын көрөн, тоҥмот гына таҥыннарда. Эбэм Ылдьаана уҥуоҕунан кыра эрээри, түргэн-тарҕан туттунуулаах, элбэх кэпсээннээх-ипсээннээх эмээхсин этэ. Кини эдэригэр Таатта улууһун Дьүлэй нэһилиэгиттэн сүктэн кэлбитэ үһү.

Мин өр гыныам дуо, көстөн турар сиргэ начаас ойон тиийдим. Куобах суола бөҕө, төттөрү-таары барбыттара-кэлбиттэрэ элбэх. (Тарааҥка өтөҕөр хайа да дьылга куобах баар буолааччы). Сөбүлүү көрбүт сирбэр туһахтарбын баайталаан истим. Син бодьуустаһан уонча туһаҕы ииттим. Күн аайы үлэбин-хамнаспын үмүрүтэн баран туһахпын көрө ыстанабын. Киэһэ утуйаары сытан хас куобах иҥнибитэ буолуой диэн толкуйдуубун, куобах туһахха иҥнэн олорорун төбөбөр оҥорон көрөбүн. Оннооҕор биир улахан да улахан муус маҥан куобах иҥнэн олорорун түһээн көрдүм. Дьэ хас да хонукка мэлийэн кураанаҕы куустум, маҥнайгы омунум-төлөнүм ааһан, санаам түһэн барда.