Читать книгу Тыын былдьаһыгар онлайн

Мин ити көстүүнү утаран, улуустары кэрийэн, кырдьаҕас булчуттары көрсөн, атах тэпсэн олорон, кинилэр сылдьыбыт быһылааннаах сырыыларын, тылларын-өстөрүн ууһун-уранын, булт сиэрин-туомун, үгэстэрин хомуйан суруйан эрэбин. Булт тыла – саха тылын сүөгэйэ-сүмэтэ.

Билигин тылбытын-өспүтүн умнан моһуогуруох курдук буоллубут. Аны уолаттарбыт эр киһилии иитиллибэт буолан, кыыс курдук сараҥнаабыт, сыбыахайдаан хаамар уол элбээн иһэр. Уһуйаантан саҕалаан дьиэҕэ, оскуолаҕа тиийэ дьахтар иитэр-үөрэтэр. Уол оҕону хайдах дьиҥнээх эр киһи гына иитиэй? Дьахтар эр киһи үлэтин сатаабат, булду-алды билбэт. Кини кыыс оҕону күн күбэй ийэ буоларга бэлэмниир.

Кыыс оҕо айылҕаттан көрсүө-сэмэй буолан кыһамньылаах, онон үөрэҕи ылла. Эр дьон тыаҕа сопхуостар эстэннэр үлэтэ суох хаалбыта. Онон сорох ыалга эр дьон дьыбаан киэргэлэ буолла, санаата түһэн аһыы утахха убанна. Сорох дэриэбинэлэргэ сарсыардааҥҥы сахсаан, киэһээҥҥи кэпсэл арыгы эрэ тула эргийэр буолла. Ким, ханна төһөнү испитэ. Арыгыһыты өрө тутуунан, аһыммыта, мөхпүтэ буолуунан күн бүтэр. Сорох эр дьон уһуктаат, хантан арыгы булан иһэбит диэн сыаллаахтар-соруктаахтар. Куоракка даҕаны итинник дьон аҕыйаҕа суох.

Дьиҥинэн, сахалар аҕыйах сыллааҕыттан бэттэх, сопхуос буолан баран, арыгыны элбэхтик испиппит. Билигин тэрээһин барыта арыгылаах, аһыы утаҕы испэтэххэ табыллыа суох курдукпут. Аҕыйах сыл иһигэр дьон санаата уларыйар эбит. Аны билигин наркотик диэн адьарай аһа тиийэн кэллэ. Бу саха норуотун улаханнык эмсэҕэлэтэр дьаат буулаата. Арыгыга, наркотикка эдэр ыччат убанар төрдүн, төрүөтүн билиэххэ уонна туоратыахха. Эдэр дьон көҥүл босхо баран, олус иллэҥ буолан, кытаанахтык ыга тутар аҕа суох буолан, куһаҕан дьаллыкка ылларда. Мин тус санаабар арыгыттан быыһанар суол үлэ, спорт, айылҕа уонна булт буолар. Оҕо төбөтүн иһигэр арыгы, наркотик диэн өйдөбүл суох буолуохтаах. Оҕо кыратыттан булка, спорка убаныахтаах. Аар айылҕата дьарыга суох сатаммат турукка киириэхтээх, күн солото суох сылдьыахтаах. Ити мин этэр итэҕэстэрим баар кыһалҕа, ону билинэн көннөрүнүөх тустаахпыт. Билигин эдэр ыччат үксэ спорка олус көхтөөх буолан иһэрэ биллэр. Спортивнай саалалар киэҥ уораҕайдарыгар сарсыардааҥҥыттан киэһээҥҥэ диэри ыччат толору мустан дьарыктанар. Арыгыны иһэр, табаҕы тардар ыччаттары омнуолуу көрөллөр.