Читать книгу Тыын былдьаһыгар онлайн
Үгүс киһи кыһыҥҥы айылҕа кэрэтин, тыа чэбдик салгынын, көҥүл-босхо сылдьары билбэт. Бу орто дойдуга туох барыта көҥүлгэ тардыһар. Сирдээҕи көҥүл диэн тугун дьиҥнээх булчут эрэ билэр.
Дьиҥинэн, түүлээх тириитин сыаната сыраны-сылбаны боруостаабатын да иһин, булт абылаҥар билиэн барбыт киһи сиэринэн, күн аайы тоҥору-хатары аахсыбакка бараҕын. Улуу тириэньэр Бөтүрүөбүс тустуу абылаҥар уһуйбутун курдук, булт абылаҥар аҕам уһуйан, күн аайы сибиэһэй салгыны түөспэр толору эҕирийэн, тоҥуу хаары кэһэн, туос сатыы тоһуурдарбын көрөбүн.
Мин саха киһитин сиэринэн түүлү-бити итэҕэйэбин. Оҕо эрдэхпиттэн бары булчуттар курдук, түүлбэр бултуубун. Дьэ түүл диэн дьикти, киһи өйүгэр баппат.
Атын эйгэ баарын улуу эмчити Гурий Уйбаанабыһы кытта чугастык билсэн баран итэҕэйбитим. Кини Хатас арыытыгар сүтэрбит саһылбын Бээрийэҕэ олорон хапкааны соһон хайдах айаннаабытын, ханна баарын этэн биэрбитэ. Былырыын матасыыкылынан Болтоҥоттон Бээрийэҕэ айанныы сатаабыппын икки ый буолан баран бэйэбэр кэпсээбитэ.
«Ити Танда баһыгар киириигэ суол хаҥас өттүгэр маҥан туох турарый?» – диэн соһуппута.
Икки ый анараа өттүгэр буспут хап-хара моонньоҕону үргээри тохтообут массыынаны хайдах көрдө? Ол массыына 4—5 чааһынан бардаҕа дии. Бороҕон оҕонньорун көрүүлэрэ киһини салыннараллар, соһуталлар-өмүрдэллэр.
Эдэрбэр сир-дойду иччитэ баарын хаста да биллэрэн турар, ону эдэр, дохсун буолан аахайбатах эбиппин. Дьиҥинэн сэрэтэ, үөрэтэ-такайа сылдьаллар, ону биһиги куойабытыгар-маҥкыбытыгар оҕустаран аанньа аахайбаппыт. Дьэ буолар буолтун кэннэ биирдэ «бабат» диибит.
Биирдэ кыһын, киэһэ утуйаары ороммор сыттахпына, хапкаан тыаһа илэ-чахчы тас гынна. Саһыл хапкааммар иҥнибитин сэрэйдим, ол эрээри ханныгын билбэппин. Ол кэмҥэ хапкааным алта сиргэ баар этэ, онон барыахтаах сирбэр бардым. Дьиҥинэн ырытан, толкуйдаан баран барыах баар эбит. Онтукам мыраан үрдүгэр бааһына кытыытыгар ииппит хапкааммар иҥнибит. Суолга тахсан биэрбитин «булчуттар» илдьэ барбыттар.
Итинник дьону киһи булчуттар диир кыаҕа суох. Туртастыы, мас көтөрдүү сылдьан баран дьонугар саһылы хапкааҥҥа бултаабыттарын хайдах быһаарбыттара буолла. Хара тыа иччитэ түүлээх уллуҥахтар саһылгын уоруохтара, онон сэрэн диэтэҕэ. Ону өйдөөбөт киһи буоллаҕым. Уоран иннилэрин сарбынар, олохторун огдолутар дьону аһына саныыбын, кинилэргэ кыыһырбаппын. Хомойорум диэн, Байанай миэхэ анаабытын уордаран булдум ханынна. Онон кинилэр буруйдарын содулугар мин эрэйдэнним. Дьиҥинэн мин туох буруйдаах буолуохпунуй. Биир ыйы быһа сииккэ сиэллим, хаарга хаамтым. Хата Байанай биир эрэ ыйга ыстарааптаата. Хайдах оруобуна биир ыйга ыстарааптыыра буолла? Саһылбын хаһан сүтэрбиппин ким көрөн олороруй? Киһи эт өйүнэн быһаарбат суола. Биир ый мэлийэн баран дьэ бултуйар буолбутум. Кырдьаҕас булчуттар улахан буруйга-сэмэҕэ үс сылга диэри ыстарааптыыр дииллэр. Дьэ дьикти. Сиргэ-уокка бэйэ бодотун тардынан, иннигин-кэннигин кэтэнэн, сиэри-туому тутуһан, Баай Байанайтан көрдөһөн сылдьыллыахтаах.