Читать книгу Бессмертные имена онлайн

…Биһиги табаарыстарбытын көскө атаарбыттара. Күһүҥҥү түүн бириистэҥҥэ хомо уҥуоргу өттүгэр мустубуппут. Барааччылары кытта бырастыыласпыппыт, кинилэри умнуохпут суоҕа уонна үлэбитин салгыы ыытыахпыт диэн эрэннэрбиппит. Ити да кэнниттэн түрмэҕэ сүүстэн тахса киһи хаалбыта. Биһиги кинилэри кытта сибээстэһэр уонна кинилэртэн сорудах ылар этибит. 1918—1919 сыллардааҕы кыһын устатыгар күүһү түмэр үлэ ити курдук ыытыллыбыта. Мин көскө ыытыллыбыттары уонна үөрэххэ барбыттары кытта, ордук Белла Альперовиһы (Ося Альперович балтын) уонна А. Атласованы кытта мэлдьи суруйсарым.

Ол суруктар биһиги оччотооҕу санаабытын көрдөрөллөрө. Биир суругу толору аҕалабын: «Күндү үтүө дүөгэлэрим Белла уонна Таля! Дорооболоруҥ. Дьэ, билигин сиһилии суруйар түгэннэнним. Сорох табаарыстары атаарыы, кэлээччилэри көрсүһүү элбэх бириэмэни ылла. Бука барыларын кэриэтэ, Осяттан уонна Кугаевскайтан ураты бары үөрэнээччилэри, өрүс баһыгар көскө ыыттылар. Барааччылар туохтара да суох. Таҥастара-саптара тырыттыбыт. Атах сыгынньахтар. Ол үрдүнэн кинилэри көскө утаараллар! Киренскэйгэ тиэрдэн баран босхолообуттар. Уулуссаҕа туга да суох мээнэ быраҕыллыбыт биһиги күндү табаарыстарбыт тугу оҥоруохтара баарай? Бары бааһынайдарга наймылаһан үлэлээбиттэр. Аҕыйах харчыны булунаат, сатыы барбыттар. Кинилэр аччык, таҥаһа суох тоҥон-хатан айаннаабыттар, суолга сыыстаран ыалдьыбыттар. Биһиги хаста да ыыппыт харчыбыт кинилэри кыһалҕаттан таһаарбатах. Үөрэнээччилэр бастаан коммуна тэриммиттэр, ол гынан баран коммуналара үрэллибит. Ваня Буткевич, Пясецкэй ойоҕостоппут, оттон Эдя атаҕын үлүппүт (18 дьаамы сатыы ааспыттар). Кинилэртэн хаһан эмит открытка ылабыт. Суругу ыыталлара буолуо да, биэрбэттэр. Витя Вик Иркутскайга, Карпель Киренскэйгэ хаалан бараннар Якутскайга кэлэргэ көҥүл биэрэллэригэр көрдөспүттэр. Клаша, Феня, Дора уонна Ниса Иркутскайга бааллар. Аны Вася туһунан. Кинини манна түрмэҕэ аҕалбыттара ый буолла. Бүлүү тыатыгар эрэйдэнэн баран бэринэргэ күһэллибит. Онно түрмэҕэ ыалдьыбыт. Түөһүгэр экзема тахсыбыт, сүрэҕэ мөлтөөбүт. Кинини балыыһаҕа киллэрэри үрдүк сололоох түрмэ начальнига көҥүллээбэтэх. Арыый үтүөрбүтүн кэннэ, Якутскайга аҕалбыттар. Билигин үчүгэй буолла. Кинилиин сотору-сотору суруйсабыт, аһылыгы уонна да атын наадалааҕы илдьэн биэрэбит. Хаайыылаахтарга барыларыгар кыах баарынан көмөлөһөбүт (милосердие коммуната аны да үлэлиир). Билигин 130 хаайыылаах баар. Кинилэр ортолоругар атын сиртэн кэлбит интеллигеннэр элбэхтэр. Астара куһаҕан буолан, үгүстэр цинганнан ыалдьаллар. Кинилэри аны үс ыйынан босхолууллар үһү. Биһиги олохпутун баһылааччылар сууттааһыннара итинник. Эриэн үөннэр, сидьиҥнэр өллүннэр! Итэҕэй, эрэн уонна күүт. Күндү табаарыстарым Белла уонна Таля, дьэ, ол кэнниттэн биһиги кинилэргэ көрдөрүөхпүт. Гимназияҕа үөрэнэбин. Быһыы-майгы киһи тулуйбат үлүгэрэ, тула өттүгэр өһүөннээх санаалаах, албын-көлдьүн атын доҕоттор. Мин үтүө дьүөгэлэрим, билигин эһигини көрсөн, санаабын барытын кэпсиэхпин баҕарабын. Сымыйалааһын, албыннааһын уонна кубулунуу манна олохсуйдулар. Дьэ ити барыта кыраныы. Васяттан, Янаттан, Осяттан эҕэрдэ. Суруйдум, ууруубун, эһиги Нютаҕыт».