Читать книгу Бессмертные имена онлайн
С сердечным приветом,
А.Л. Шараборина26.04.1972 г.Глава II. Василий Котенко – герой гражданской войны
Воспоминания Нюты Гоммерштадт
Итак, из письма Антонины Леонидовны Шарабориной мы узнали, кем были ее родители, как жили и как они стали одними из первых педагогов в Колымском крае. Как ее отец, бывший священник, стал на защиту бедных и обреченных на бесправие того периода. Как мы теперь знаем, отец Антонины Леонидовны был убит вместе с молодым большевиком, комсомольцем В. Котенко. О нем написала в газете «Кыым» его боевая подруга, жена Нюта (Нехама-Лея) Гоммерштадт.
«Урукку ахтыыбар суруйбутум курдук, Якутскай куорат иһин кыргыһыы буола турдаҕына, мин казначейство дьиэтин таһыгар икки кыһыл гвардееһы көрбүтүм. Кинилэртэн биирдэстэрэ т. Рыдзинскай этэ. Оттон кини доҕорун билбэтэҕим. Бу орто уҥуохтаах, хара баттахтаах, сытыы харахтаах эдэр украинеһы сөбүлүү көрөн саҥа аллайа түспүтүм. «Оо, дьэ үчүгэй да уолчаан» диэбиппин бэйэм да билбэккэ хаалбытым. Ити эппиппин доҕор кыыһым эрэ буолбакка, кини эмиэ истибитэ. Сарсыныгар баланыыссаҕа бааһырбыт пулеметчик Ваня Родионов таһыгар олордохпуна, хоско били бэҕэһээҥҥи «уолчааным» киирэн кэлбитэ. Биһиги хайа-хайабытын тута билбиппит. «Бастакы көрсүһүүлэриттэн дьылҕалара уонна тапталлара биир» диэн кинигэҕэ суруйалларын курдук буолбута. Ол эрээри ити көрсүһүү түбэспиччэ буолбатаҕа. Бу революция суолугар үктэммит икки эдэр киһи көрсүһүүтэ этэ. Кини миэхэ судургутук кэлэн дорооболоспута уонна: «Вася Котенко диэммин», – диэбитэ. Мин эмиэ табаарыстарым ааттыылларынан: «Нюта Гоммерштадт диэммин», – диэн хардарбытым. Бу күнтэн ыла биһиги Вася Котенколыын эрэллээх доҕордоһуубут саҕаламмыта, олохпут уонна үлэбит Коммунистическай партия ыйбыт суолунан барбыта. Советскай былаас Якутскайга олохтоммут бастакы икки ыйа биһиэхэ үөрүүлээх кэм буолбута. Иллэҥ бириэмэбитин бааһырбыт кыһыл гвардеецтары кытта атаарарбыт, кинилэрдиин доҕордоспуппут. Биһиги Ваня Родионовтыын, бырааттыы Андрей уонна Лева Кучуктардыын күн ахсын көрсүһэрбит. Бу кыһыл гвардия хорсун санаалаах, үтүө майгылаах буойуннара этилэр. Вася Котенко биһигини кытта мэлдьи барсара. Кини үтүөҕэ дьулуһар революционер, эрчимнээх үлэһит этэ. Коммунизм өрөгөйдөөтөҕүнэ олох хайдах буолуохтааҕын кэпсиирэ, коммунизм идеялара хайаан да кыайарыгар бигэтик эрэнэрэ, норуот дьыалатын көмүскүүр иһин, социалистическай хаһаайыстыбаны тутар иһин ыҥырара. Ол бириэмэҕэ үлэ муҥура суоҕа. Биһиги саҥа үөскээбит Советскай былааһы бөҕөргөтүүгэ көмөлөһөрбүт. Контрреволюция быстах бириэмэҕэ тууйар кэмэ кэлиэ диэн санаабат этибит. Ол гынан баран, хомойуох иһин, Якутскайга өлөрөр-алдьатар этэрээттэр чугаһаан иһэллэр диэн сурах кырдьык буолбута. Биһиги байыаннай күүспүт дуона суоҕа. Кыһыл гвардеецтар этэрээттэрин үксэ Лена өрүс үөһээ өттүгэр барбыта. Биһиэхэ умнуллубат хомолтолоох күн – атырдьах ыйын 5 күнэ буолбута. Бу күн өстөөх чугаһаабытын уонна командование куораттан көһөрү наадалааҕынан аахпытын билбитим. Ити икки хонук иннинэ Вася Котенколаах хаһыа да буолан «Иннокентий» борохуотунан разведкалыы баралларын, өстөөх туһунан сибидиэнньэ төһө кырдьыктааҕын билэн баран, бүтэһиктээх быһаарыы ылылларын эппитэ. Кини суоҕар көһүллүбүтэ. Мин кинини эргиллэн кэлбит «Иннокентий» борохуокка көрсүбүтүм. Якутскайтан тиэтэлинэн барыыны киин командование таҥнарыынан сыаналаабыта: «Тугу да билбэккэ, өстөөх чугас суоҕун көрбүт разведка эргиллэн кэлэрин күүппэккэ ханна туһаайыах куотуу кимиэхэ наадалааҕый? Бэйэтин дьылҕатын биһиэхэ итэҕэйбит нэһилиэнньэни хаалларыы ама таҥнарыы буолбатах дуо?!» Аҕыйах киһилээх разведка этэрээтинэн хаалыы кыаллыбат суол этэ, онон кини Бүлүүгэ барбыт сүрүн этэрээти эккирэппитэ. Барарыгар сотору көрсүөхпүт диэбитэ… Контрреволюция күннэрэ саҕаламмыттара. Гордеев этэрээтэ кэлбитэ. Марха таһынааҕы кыргыһыыга биһиги этэрээппит хотторбута. Сорохтор өлбүттэрэ, сорохтор түрмэҕэ хаайыллыбыттара. Ол гынан баран, биһиги контрреволюцияны утары охсуһар санаабыт хаалбатаҕа. Кыргыһыыга өлбүттэри көмүүгэ демонстрация тэриллибитэ. Балаҕан ыйын 17 күнүгэр Вера Синеглазова дьиэтигэр кини аатын бэлиэтээри мустубуппут, онно Кыһыл Кириэс үлэтин чөлүгэр түһэрэр эрэ буолбакка, урукку биэстии киһилээх партийнай бөлөхтөрү түмэргэ быһаарбыппыт. Хаайыллыбыт табаарыстарбытыгар көмөлөһөр үбү хомуйбуппут. Баскыһыанньа ахсын кинилэргэ ас илдьэн биэрэрбит. Хаайыыга сытар доҕотторбут санаалара көтөҕүллэн биһиэхэ суруйаллара. «Таля Атласоваҕа уонна К. үчүгэйдик олоробут, бириэмэни көрдөөхтүк атаарабыт. Баскыһыанньаҕа аҕалбыт кэһиигит, ордук чүмэчигит иһин махтанабыт, уруккуну саныыбыт. Эҕэрдэлиибит уонна ууруубут: Надеин Янбирзугал, Лев Кучук, Ваня Родионов, Лантик, Мандерскай».