Читать книгу Саха таабырыннара / Якутские загадки онлайн


Саха таабырыннара / Якутские загадки

Таабырын төрдө Таам Татакай

Былыр өрөбөлүүссүйэ иннигэр саха дьоно-сэргэтэ кыһыҥҥы уһун киэһэлэргэ көмүлүөк оһох иннигэр олорон таабырыннаһар үгэстээхтэрин туһунан этнографтар, фольклористар И.А. Худяков, В.Л. Серошевскай, С.В. Ястремскай, саха маҥнайгы үөрэхтээхтэрэ А.Е. Кулаковскай, С.А. Новгородов, Г.В. Ксенофонтов бэлиэтээн аһарбыттара үгүс.

Дьэ уонна таабырыннаһалларыгар таабырын төрдө Таам Татакай аата бэрт элбэхтик ахтыллар, уос номоҕо буолар эбит. Э.К. Пекарскай, онтон кини кэнниттэн таабырыннары норуот тылынан айымньытын жанрын быһыытынан анаан үөрэппит С.П. Ойунская Таам Татакайы анал аат курдук көрбөттөр. Биһиги санаабытыгар, син эмиэ Сээркээн Сэһэн эбэтэр Олоҥхолоон Обургу курдук таабырыны толорууга, таайсыыга сыһыаннаах мифологическай уобарас буолуон сөп. Таам диэн таабырын диэн тыл олоҕун курдук көрүөххэ сөп. Оттон Татакай – таабырыны таайсыыга татакайдааһыны, соһуйууну-өмүрүүнү ойуулаан-дьүһүннээн, уобарастаан көрдөрүүнү кытта сыһыаннаах тыл дэгэтэ. С.П. Ойунская таба бэлиэтииринэн, таабырыннаһыы саҕаланыытыгар хайаан да этиллэр таабырыннаһыы саҕаланыытын көрдөрөр уос номоҕун да курдук көрүөххэ сөп. Былыр саха балаҕаныгар кыралыын-улаханныын мустан таабырыннаһан күө-дьаа буола олороллорун санатар. Ол да иһин өрөбөлүүссүйэ иннинээҕи саха олоҕун-дьаһаҕын анаан үөрэппит В.Л. Серошевскай кыһыҥҥы уһун киэһэлэргэ таабырыннаһыы оҕо аймах саамай сөбүлээн дьарыктанар дьарыга буоларын бэлиэтээбитэ мээнэҕэ буолбатах. Итиэннэ кини таабырыннар Саха сирин бары муннуктарыгар тэҥинэн тарҕаммыттарын анаан суруйбута. Саха литэрэтиирэтин аҕата А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй өс хоһооннорун, саха таабырыннарын сахалартан биир бастакынан Саха сирин кэрийэ сылдьан олоҕун устата хомуйбута уонна кинилэр эмиэ бары улуустарга тэҥинэн тарҕаммыттарын, биллэллэрин бэлиэтээбитэ. Кини хомуурун Н.Н. Толоконскай бэйэтин аатынан «при ближайщем участии учителя А.Е. Кулаковского» диэн дьаралык суруктаан бэчээккэ өрөбөлүүссүйэ иннигэр таһаарбыта. Кэлин биллиилээх историк Е.Е. Алексеев, фольклорист Н.В. Емельянов Өксөкүлээх Өлөксөй тус бэйэтин үлэтэ буоларын олохтоохтук быһааран тураллар.