Читать книгу Тыын былдьаһыгар онлайн

Чаас аҥаара буолбата, кинини көрдүү сылдьар дьон бөртөлүөтүнэн кэлэн ылан барбыттара. Дьахтарым махтанан бөҕө, төлөпүөнүн нүөмэрин биэрбитэ даҕаны, үрэх баһыгар олорон, хантан эрийиэхпиний. Дьэ итинник, биирдэ муммут киһини быыһаан турардаахпын.

Иккис түбэлтэ. Биирдэ күһүн, Бокуруоп саҕана, маҥнайгы хаар түһүүтэ, үгэспинэн эмиэ сылгы көрдүү сырыттым. Түгэнэ үрэх халдьаайытынан хаамтаран иһэн ытым үрбүтүгэр көрбүтүм: улахан уҥуохтаах, сирэйэ бар түү буолбут нуучча оҕонньоро дүлүҥ үрдүгэр акыллан олорор эбит. Оҕонньор кэпсииринэн, Дьокуускайтан Маҕаныга суол оҥоһуутугар үлэлиир кыыстаах күтүөтүгэр баран иһэн муммут. Мин эмиэ аппар олордон суолга киллэрдим. Ол саҕана урут манан үчүгэй кутуу суол суоҕа, күһүн-саас хаайтарыы бөҕө буолара. Дьиэбэр хонноро ыҥыра сатаабыппын, кэмчиэрийэн сөбүлэспэтэ. Сөбүлэспэт киһини хайдах дьиэбэр күүспүнэн соһуохпунуй, онон кыра үтэлээхпин биэрдим, суолун ыйдым. Киһим доҕолоҥнуу-доҕолоҥнуу суол устун бара турда. Хас да хонон баран киһи сүттэ диэн айдаан бөҕө буолбута. Милииссийэлэр хаста даҕаны төхтүрүйэн кэлэн миигиттэн ыйыппыттара. Дьэ итинник айманан кыһыммыт ааспыта.

Биирдэ, саас хаардаахха, улахан массыыналаах эдэр нуучча уола кэллэ. Эдэр суоппар оҕонньор күтүөтэ эбит. Миигиттэн оҕонньор туһунан ыйытта, мин барытын ыраас мууска тиэрэ ууран сиһилии кэпсээтим. Оҕонньор күтүөтэ түүл түһээбитин кэпсээтэ: «Түһээтэхпинэ массыынабынан айаннаан иһэбин. Арай суол кытыытыттан хаар анныттан оҕонньор туран кэллэ уонна манна баарбын диэтэ. Мин ол сири көрдүү сылдьабын».

Оҕонньор «хаар анныттан турбут» сиригэр эргэ пилорама баара. Бу эргин сири билэр бөҕө буоллаҕым. Уолу илдьэн ол сири көрдөрдүм. Киһим олус үөрдэ, оруобуна бу сири түһээн көрбүтүм диэтэ. Ол сир суолтан туора соҕус этэ. Кини илэ көрбөтөх сирин хайдах түһээбитэ буолла, дьэ дьикти. Оҕонньор күтүөтэ кэлин, хаар уулуннаҕына, көрдүөх буолан барбыта».

Бииктэр икки муммут дьон туһунан кэпсээнин итинник түмүктээбитэ. Наһаа уутугар-хаарыгар киирэн кэпсээн, дууһабыт кылын таарыйан, ороммутугар эргийэ-урбайа утуйбакка сыттыбыт. Миигин ордук иккис кэпсээнэ долгутта.