Читать книгу Константин Чирков. Избранный духами стихий онлайн

В творческом наследии К.И. Чиркова сохранились два текста алгыса, относящиеся к культу огня. Это заклинание огня (Уот алгыһа) – мощный по силе алгыс, который, по мнению великого ойууна, может произноситься только в исключительных случаях, в самые трудные периоды жизни, когда решается судьба целого поколения или народа. Второй алгыс обращен к Духу Огня (Уот иччитин алгыһа). Им можно пользоваться чаще.


Уот алгыһа

  • Сиэрэ таастан ситимнээх,
  • Чох таастан тутулуктаах,
  • Айылҕаттан аҥаардаах,
  • Абааһыттан арыалдьыттаах
  • Кытыылыыр атыыр сылгым
  • Моонньоох баһын саҕа
  • Кыһыл кытыан кыымнаах,
  • Үөһээҥҥи сириэһинин
  • Үс хат хаттыгастаах
  • Үөлэт маҥан халлааммар
  • Өрө тыган тахсыбыт,
  • Алларааҥҥы сириэһинин
  • Алларааҥҥы аҕыс бииһин ууһугар
  • Таҥнары тараадыйан түспүт,
  • Эбиэккэр эмэх мас эмсэхтээх,
  • Үтэҕэр үөл мас үтэлээх,
  • Аһылыккар аһаах мас аһылыктаах,
  • Хонуккар куруҥ мас хонуктаах,
  • Моҕол хаан холумтан иччитэ,
  • Үс саха үөскээбититтэн ылата
  • Үрүҥ айыыта буолбут,
  • Кыһыл Төлөн, Кыыра Бырдьай
  • Эһэм оҕонньор!
  • Сыралҕаннаах сылааскар сымыстанан,
  • Итии куйаас эркиҥҥэр иэнигитэ иитэҥҥин,
  • Балчырбын барҕардан,
  • Торҕон бэйэбин торолутан,
  • Доҕорго суламматах суланыылаах
  • Суобаспын солбонутар буолаайаҕын,
  • Эйэлээхпэр эппэт
  • Экчи кирдик тылбын эйиэхэ этэбин.
  • Тоҕус киһи үйэтин тоххору
  • Торҕоммун торолуппута тугуй диэн,
  • Суланан эрэбин,
  • Барҕан бэйэлээхтэрбэр
  • Бараммат баһаам баайда кулу диэн
  • Баар-суох тылбынан маргыйан эрэбин.
  • Абааһыттан аҥаардааҕыҥ,
  • Айыыттан саҕыаллааҕыҥ быһыытынан
  • Аҕаҕа анаабатах аартаһыылаах тылбын
  • Айахтатар күнүм буолла.
  • Эйиэхэ эдэр бэйэлээхтэрим
  • Эмэхсийэ кырдьыахтарыгар дылы
  • Итии куйаас эккиҥҥэр иэнигитиэ диэн,
  • Этэр тылым эгэлгэтин этэн эрэбин.
  • Туҥуй бэйэлээхтэрбин
  • Суомах киһи буолуохтарыгар дылы
  • Суоһуралаах суоскар торолут диэммин
  • Суланыылаах суобаспын тобулан эрэбин.
  • Хаан чаҕааттарбын
  • Хара тыыннарын харыһый диэн
  • Хахсааттаабыт хахсааппын хаалларар буолаайаҕын,
  • Сиикэй куорсуннаах, сиидэрэс бэйэлээх
  • Симэһин хааннаах ньирэйдэрим тустарыгар
  • Силиктээбит силикпин сиргэ хаалларан,
  • Сиидэрэстиир буолаайаҕын.
  • Ороһу бэйэлээхтэрин
  • Уокайдаан турар буолуохтарыгар дылы
  • Уурайбат уһун уйгуну,
  • Быстыбат быдан быйаҥы,
  • Кэбэлльийбэт кэтит кэскили биэрэ тур.
  • Оноҕойдоох уһун тылбын оломноомо,
  • Кэлбэрийбэт кэтит кэскил тылбын кэһибэ.
  • Сайа көрөн олороммун
  • Табылыктаах чахчы дьыллыгы
  • Дьалкыйыаҕа диэммин тамалыйдым.
  • Оноҕой айыыттан оҥоһуулаах
  • Уһун уйгур тылбын
  • Оломнуо суоҕа диэн онолуйдум.
  • Сэттэ киһи үйэтин тоххору
  • Сириэдийдэр дьиэгэнийбэт,
  • Үтүөлээтэр өҕүллүбэт,
  • Кэбиэлээтэр кэбэлдьийбэт,
  • Баттаатар маталдьыйбат буолуо диэн,
  • Дьылҕа Хаантан тыыннааххыттан,
  • Айыы хаантан сагыаллааххыттан,
  • Абааһыттан аҥаардааххыттан
  • Үс киһи үйэтин тухары
  • Үтүөҕүттэн үлтүрүтүмэ диэн
  • Үөгүлээн сүгүрүйэн эрэбин.
  • Итэҕэһиҥ да туолбут курдук санааҥҥын,
  • Быһаҕаһыҥ да сиппит тэгил курдук санааҥҥын,
  • Кэлэҕэй кэмэлдьилээх,
  • Татыайы таҥнаах,
  • Былдьыры быһыылаах,
  • Солоҕой суобастаах курдук
  • Саныыр буолаайаҕын,
  • Кыыһар төлөн,
  • Кыыра бырдьай
  • Эһэм оҕонньор,
  • Чуо Хаараҕан.