Читать книгу Хомурахха хоммут хоһооннор онлайн
- Күлүм-чаҕыл күнүм уота
- Күлэн-үөрэн мичилийдэ,
- Куйаас-найаас саба кууһан
- Күөгэл-нусхал тула түстэ.
- Алаас аайы солко от
- Аргыый-аргыый хамсаата,
- Сиккиэр тыалым тарбаҕа
- Оргууй-оргууй тараата.
- Үрэҕим уута, мөлбөһүйэ,
- Халлаан чэмэлин бүрүннэ,
- Сөрүүн күлүк талах төрдүн
- Сөрүү тардан, онно саста.
- Өрүс эбэм тааһын сууйа
- Кытыл устун ыкса сүүрдэ,
- Дьэҥкир уута араас өҥнөөх
- Кустук курун сайгыы турда.
- Көҥүл көтөн, күөҕү үктээн
- Эн биһикки көрүлүөх,
- Самаан сайын кыл кылгаһын
- Сатыы сылдьан кэм уһатыах.
«Уһун кыһын кылгаата…»
- Уһун кыһын кылгаата,
- Уһун тыына мөлтөөтө,
- Утах уота сырдаата,
- Уоһум күлэн ыртайда.
- Лабаа хаара чаҕылла
- Тоҥ умнаска дьэргэйдэ,
- Харах саатыах дьиримэ
- Хардыы аайы имнэннэ.
- Саас иһэрэ билиннэ,
- Санаам эмиэ киэркэйдэ,
- Саҥа ырам тилиннэ,
- Сонун баҕам күүһүрдэ.
Ардах
- Ыадаһан ыанньыйбыт былыттар
- Ыарахан ыарынан тэниһэн,
- Ыыстыйбыт санаанан сундуһан
- Ыргыһан кэллилэр үрдүбэр.
- Күндээрэр күнүм кубарыппыт
- Көҕөрөр күөҕүн кэбирэппит,
- Кураанах буорун өрүкүппүт,
- Куолайа кууран күкээрбит,
- Куйаартан сииги эрэйбит,
- Көбүөхтээн сэниэтэ эстибит,
- Күөгэйэн, ардаҕы ааттаспыт
- Көҕүөрдээх сирим барахсан.
- Чаҕылҕан курунан таһыллан,
- Чыпчаххай тыаһынан куһууран,
- Хайыта бардылар былыттар,
- Хаһыыра түстүлэр дьааһыннар,
- Хатан-хабараан халлаантан
- Халыс гынна уу муора,
- Хатан сыппыт хара буорга
- Хабах үллэн тэһэ барда,
- Чоҕул таммах тэйэ-тэйэ
- Чобуо битии тэптэ, тэптэ.
- Куттас куттаах быкпат гына
- Курбуу уота күлүмнээтэ,
- Кэрэ-намчы көрбөт гына
- Көҥдөй тыас лүҥкүнээтэ,
- Иҥнэри барыах илиттэ
- Түҥнэри барыах инчэттэ,
- Лүҥсүйэн-лоҥсуйан олордо,
- Лаппыйан-липпийэн биэрдэ,
- Сүүрүктэр сүүрүгүрдүлэр,
- Үрүйэлэр үҥкүрүстүлэр,
- Хара уу халыйда,
- Үрүҥ уу үлүннэ,
- Олус омуннуран
- Уоҕа хараата,
- Уостан хаалла,
- Халлаан халынна,
- Үрүҥ Айыы тыынна.
- Сир ийэ тилиннэ,
- Симэҕин иилиннэ,
- Сир киһитэ илгиһиннэ,
- Сирэм күөх эргилиннэ.
Күһүн
- Түүнүм кэллэ, барыйа,
- Күнүм куотта, сыбдыйа,
- Турдум манна, хомойо,
- Барбыт кэммин бэрийэ.
- Күһүн буолла, кытара,
- Көмүс суола дыргыйа,
- Көтөр санаа үрдүккэ
- Көтөр курдук сапсына.
- Сарсын кэлиэ, кылыйа,
- Саҥа суолу арыйа,
- Арай хаалыа, сайыһа,
- Ааспыт сайын амтана.
«Лыҥкынас мин көмүс тапталым…»
- Лыҥкынас мин көмүс тапталым
- Лабааттан лабааҕа даҕайа ыллаата,
- Сүүс араас куоласка ыһылла,
- Күһүҥҥү үҥкүүгэ тэлээрэ кыттыста.
- Айылҕам араҕас хараҕын уулара
- Алары, алааһы бүрүйэ толордо,
- Сайыҥҥы кэрэни сүтэрэр хомолто
- Сиккиэргэ суулана кэриини кэрийдэ.
- Күһүнүм, көмүһүм, кэтэспит уоскулаҥ,