Читать книгу Хомурахха хоммут хоһооннор онлайн
- Олох долгунун быыһынан
- Оҥочом устан түөрэҥниир,
- Оргууйдук эрдинэр кыахтарым
- Оргуйар айаммар күүһүрэр.
- Ыйдарар сулуһум – Чолбон,
- Ыйытар таҥарам – Чыыбыстай,
- Ырыам сырдык ыралаах,
- Ырам ыраах сүүрүктээх.
- Күрүлгэн күүтэр иннибэр
- Кыахпын тургутар көтүү,
- Кытаат, тулус, оҥочом!
- Күлэр күнүм, кииримэ!
«Түүҥҥү хара халадаай…»
- Түүҥҥү хара халадаай
- Эҥээриттэн тутуһан,
- Түүлүм түлүк дойдутугар
- Түлэй-балай түһэбин.
- Күөх айылҕам былаатын
- Көҕөрүмтүйэр күөнүгэр,
- Күн уотун анныгар
- Көтөн-дайан иһэбин.
- Күһүнүм кыһыл атынан,
- Көҕүлүттэн тутуһан,
- Сырдырҕас тыаһынан
- Тэйэн-тэбэн сыыйабын.
- Сороҕор суор буолан
- Сэргэбэр түһэбин,
- Саба үүммүт эрбэһини
- Соҥуора-сонньуйа көрөбүн.
- Түүл даҕаны араастаах,
- Аптаах дойду быһыылаах…
Ньургуһун
- Сылластым, сылаас иэйиинэн
- Саһархай бэйэҕин ахтаммын,
- Сэрэнэн таһааҕын бигээммин,
- Сэрбэйбит төбөҕүн уурааммын.
- Аттыбар саас үҥкүүтэ,
- Араҕас оһуор үктэлэ,
- Алааска олох тиллиитэ,
- Айылҕа уһуктар эргиирэ.
- Ньургуһун сиэттиһэр түгэнэ,
- Тапталым эргийэр иэдэһэ,
- Ньургуһун кыбыстар киэлитэ,
- Талаһар эрэлим иэйиитэ.
- Сиккиэр тимэҕэ сөллүүтэ,
- Симиктик тэлээрэ көтүүтэ,
- Ньургуһун төбөтүн өндөтүө,
- Ньургуннук олоххо талаһыа.
«Сааскы ырыа таптала – дииллэр…»
- Сааскы ырыа таптала – дииллэр
- Сиргэ быкпыт ньургуһуну,
- Лоокуут Ньургун дьоло – дииллэр
- Хорсун кэрэ сибэккини.
- Кини курдук, сырдык сааска
- Ситэн-тупсан нуоҕайыахха,
- Кини курдук өрө анньан,
- Сайан-сырдаан нуурайыахха.
- Көрбүт бары үөрэ түһэр,
- Сүрэх тэбэн мөҕүл гынар,
- Намчы-намчы ньуолах төбө
- Нарын-нарын Ньургу кыыс.
«Тааттам нарын хатыҥа…»
- Тааттам нарын хатыҥа
- Талах уолу кууспута,
- Таптыыр сүрэх ытыһын
- «Тутус» диэхтии ууммута.
- Онно, үрэх уутугар,
- Уоттаах иэйии күлбүтэ,
- Онно, сүүрүк атаҕар,
- Уохтаах илдьит көппүтэ.
- Маҥан намчы харылар
- Эдэр талаҕы бигииллэр,
- Тулам бары иһийэн
- Таптал кыымын кистииллэр.
- Үөһэ, мэҥэ халлааҥҥа,
- Үрүҥ күнүм үҥкүүлүүр,
- Үрэх чуумпу күлүгэр
- Үрдүк иэйии уураһар.
Сайын
- Куйаас тыынын бүрүнэн,
- Кустук курун тардынан,
- Чээлэй күөҕүн тэлгэтэн
- Кэллэ сайын, илгийэн.
- Хамсыыр бары көҕүйэн,
- Халлаан эмиэ көҕөрөн,
- Тулам бары киэркэйэн,
- Хаамта сайын, сайбайан.
- Ылбай олох салҕанан,
- Ырам ыллыга аһыллан,
- Күөгэл-нусхал тыыннанна,
- Күөйэн-хаайан күөгэйдэ.
- Сайын, сайын барахсан,
- Сайыһыаҕым, ыксаама,
- Сайын, сайын, биһигим,
- Сатыылыахха, куотума.