Читать книгу Кытылга кыыс ытыыра онлайн
– Лариса, ону баара мин кинини хаһан да таптаабатаҕым. Баҕар, уруккутун курдук, биир тэҥник сыһыаннаһан, улаханнык кэлэппэккэ, хомоппокко сылдьыбыта буоллар, таптаан да туруом этэ. Саамай чугас киһим, оҕолорум аҕалара буоллаҕа дии.
– Таптаабатаҕыҥ? Эс, хайдах оннук буолуой, – Лариса чахчы соһуйан дьүөгэтин диэки эмиэ болҕомтолоохтук, ыйытардыы көрбөхтөөн ылла.
– Таптала да суох ыал буолан олороллор, сэгээр. Эн ыал барыта Виссарион биһикки курдук олороллоро буолуо дии саныыгын дуо? Ити кыргыттарбыт дьылҕаларын ырытан көрдүбүт дии. Төһө дьоллоохторуй дьахтар быһыытынан? Улахан аҥаардара оҕолорун эрэ туһугар олороллор. Бу ыарахан кэмҥэ онтон атыннык дьаһанар, арахса оонньуур кыахтара суох. Үлүгэрдээх ньиэрбэлэрин бараан, доруобуйаларын сүтэрэн… Мин медик быһыытынан биир түмүккэ кэлэн турабын: дьахталлар эрэйдээхтэр санааларын оонньооһуна, дууһаларын муунтуйуута барыта араас ыарыыга кубулуйан саастарын тухары эрэйдиир эбэтэр кылгас үйэлиир. Быстах санааттан ол-бу буолаллара да элбэх. Нус-хас олохтоох, этэҥҥэ олорор дьахталлар ыарыыга ылларбаттар. Уопсайынан, биһиги, уһун баттахтаахтар, дьылҕабыт хайдах эр киһини кытта аргыстаһарбытыттан улахан тутулуктаах. Лариса, эн үчүгэйдик, этэҥҥэ олороруҥ сирэйгэр-хараххар көстөр. Истиҥ дьүөгэ быһыытынан ис сүрэхпиттэн эн тускар үөрэбин, «Виссарион маладьыас» диибин. Инньэ диэн тиэрдээр. Лариса, мин хайдах олоҕу олорон кэлбиппин эйиэхэ кэпсээбэтэхпинэ, кимиэхэ кэпсиэмий? Оҕо эрдэхпиттэн чугас киһим буоллаҕыҥ. Маннык налыччы көрсүбэтэхпит да ыраатта. Тастан көрүүгэ мин саҕа дьоллоох, барыта бары табыллыбыт дьахтар суоҕа буолуо. Ол эрээри, истэр буоллаххына, кэпсиим. Хайдах эрэ аһыллыахпын, санаабын сайҕыахпын баҕарабын. Олус дьоло суохпун диэн эмиэ санаммаппын. Эмиэ «арааһа» диирбэр тиийэбин, тапталы, арааһа, көрсөн ааспыппын, дьол түгэнин билбиппин. Ол дьылҕам бэлэҕэ буолбут көрсүһүүнэн күн бүгүҥҥэ диэри санаабын сырдатынан сылдьабын. Өскөтө мин олохпор ол дьол түгэнэ кэлэн ааспатаҕа буоллар, барыта чуҥкук, сиэрэй да буолуо эбит, – Светлана, кэпсиибин дуу, суох дуу диэбиттии, дьүөгэтин диэки көрөн ылла.